Шрифт:
Политическай тутул итинник м?лт????нэ ??мм?т ?йэ?э с??кэн экологическай уларыйыылары кытта дь??рэлэ?эр чинчилэннэ. ?ск?т?н хас да кэли??и ?йэ?э сир экологията улаханнык уларыйбакка, омуктар ??скээбит сирдэригэр государство тэринэн олоро сатаабыт буоллахтарына, балысхан экологическай уларыйыылар с????нэн м?л?й??н дьону атыйахтаах уулуу аймаан, сы?айан, Сибиир диэки к???рг? к??эйиэхтэрин с?п. Оннук т?бэлтэтигэр Россия государство бы?ыытынан туруула?ан хаалара уустук. Оччотугар саха омук тар?аммыт сиригэр-уотугар элбэх араас дьон то?уору?уо. Онон атын айыл?а, бы?ыы-майгы, сы?ыан, тутул олохтонуо. Оннук тутулга дь??рэлээх са?а стратегияны, ?й?-санааны и?эриммит к?л??нэни бэлэмниир сыал-сорук субу тирээн кэллэ. Онон ааспыт былдьа?ыктаах с??рбэ сыл бэйэтэ туспа кирбии, быы?ык кэм?э бэлэмнэнии бы?ыытынан сыаналаныан с?п. Бу быы?ык кэм?э саха омук туох-ханнык уларыйыыларга бэлэмнээх буолара эрэйиллэрий, ирдэниллэрий? Манна мин сэттэ араас ирдэбилгэ бол?омтону тардыам этэ.
Бастакы ирдэбил – айыл?а уларыйыыта. Били??и кэрчик экологическай кэми глобальнай сылыйыы кэмэ диэн анал ??рэхтээхтэр дакаастыыллар. Хотугу эргимтэ?э олорооччулар ону тулалыыр эйгэлэрэ уларыйыытын кэтээн к?р?н бигэргэтэллэр, кэрэ?илииллэр. Ити айыл?а уларыйыытын саамай сэрэхтээх к?ст??т?нэн Сир магнитнай полюстара хамсаа?ыннара буолар дииллэр. Ол олус к????рдэ?инэ муус ууллан, сир-дойду иэнэ тосту уларыйыа, оччо?о олохпут эйгэтэ эмиэ тосту уларыйарыгар бэлэмнээх буоллахпытына сатанар. Ол эбэтэр айыл?а ??рэ?ин дири?ник ба?ылаа?ыны уонна айыл?аттан бы?аччы тутулуктаах дьарыктары солбуйар атын ииттинэр дьо?урдары, тэрилтэлэри сайыннарыахха наада буолар. Саха бэйэтин «айыл?а тыынынан тыынан олоробун» диир ?йд?б?л?н дьи?нээх ис хо?ооно дьэ онно арыллыа. Атын сиртэн кы?арыллан к???н кэлбит дьон би?иги айыл?абыт уратытын билбэт, сатаан туттубат буолуохтара. Оччотугар би?иги, олохтоох омуктар буоларбыт бы?ыытынан, дьи?нээх ха?аайыттар курдук дьа?анар туруктаах к?рс??хтээхпит.
Иккис ирдэбил – цивилизациялар хоту диэки сы?арыйыыларыгар уонна харсы?ыыларыгар бэлэмнээх буолуу. Бу урукку ?тт?гэр би?иги к?рс?бэтэх ?л?гэрбит. Былыыр-былыр кытай, монгол омуктар цивилизацияларын кытта алты?ан ааспыт буолуохтаахпыт. Онтон европейскай цивилизация нууччалыы к?р??э православиенан к??н т?стэммитигэр буккуллубуппут. Билигин Россия?а исламскай цивилизация быгыалаан эрэр, глобальнай диэн ааттанар американскай цивилизация сабыдыала к????рэн и?эр. Онуоха тилэх батта?а улуу Кытайга охтуу эмиэ сыллата сэтэрэн и?эр. Онон цивилизациялар араас к?р??нэрэ би?иги тиэргэммит и?игэр киирэн ?й-с?рэх м?кк??р?н к??дь?ттэр к??дь?тэллэр. Би?иги бэйэбитин ханнык да цивилизациялаах курдук чуолкайдык санаммаппыт, ол т?м?гэр барытыгар тардыала?а олорон ?йб?т?н с??йтэрэн, бэйэ дьо?унун ы?ыктар куттал тирээтэ. Дьи?инэн би?иги, Хотугу эргимтэ олохтоохторо, бэйэбит айбыт, тута сылдьар цивилизациялаахпыт – ол арктическай цивилизация. Ситэри эттэххэ, циркумполярнай, ол эбэтэр Хотугу эргимтэ тула тар?аммыт цивилизация ураты к?р??э. Ону туту?а сатаан сахалар элбэх эрэйи да, сэмэни да ылыналлар, тулууру да к?рд?р?лл?р. Дьи?эр, ис-и?игэр киирдэххэ, бу да кинигэ?э ти?иллибит докумуоннар ?й-санаа харсы?ыытыгар, хотугу цивилизация уонна атын цивилизациялар к??нтэ?иилэригэр саха дьоно бэйэлэрэ туту?ар цивилизацияларын к?м?ск??р дь?кк??рдэрин кэрэ?илииллэр. Иччилээн ??скээбит т?р??б?т т?р?т ?б?гэ сир кыа?ынан ?лб?гэ?э тиксии, ты?ыынчанан сылларга чочуллубут олох отуорун туту?уу, омук дьо?унун с?ннь?н – тылын, кут тууратын туту?уу, инникигэ кэскили торумнаа?ын – бу барыта т?р?т хотугу цивилизацияны к?м?скээ?ин, кини эрэ маннык айыл?а?а, сиргэ-уокка табыгастаа?ын дакаастаа?ын. Маннык ?й?-санааны ситэри ?йд??б?кк?л?р, татым ычалаахтар омугумсуйууга, былааска ?тт?й??гэ сыбыы сатаан, хаарыаннаах дьоммут сырдык тыыннарыгар турбуттара. Дьи?инэн, Сир оло?ун хаамыытынан к?рд?хх?, бу ки?и аймах олорор эйгэтин харыстаа?ын, айыл?а туругун алдьаныытын ?м?р?т?? буолар. Оттон государстволар баар да буолуохтара, суох да буолуохтара, кинилэр омук историятынаа?ар быдан кылгас дьыл?алаахтар. Онон саха омук бэйэтин олорор Хотугу эргимтэтин айыл?атын харыстааччыта, ха?аайына диэн сайдыы кэскилин ис тыынын бы?ыытынан ?йд?б?лэ бу кэли??и с??рбэ сылга чуолкайдык ?йд?н?р буолла. Ону кэрэ?илиир докумуоннар бу кинигэ?э элбэхтэр.
???с ирдэбил – ки?и аймах а?а?ас аартыгар ?ктэнии. ?кс?к?лээх эппитинии, Хотугу муус бай?ал хоонньугар хор?ойо сыппыт дьокуут омук с??рбэ биирис ?йэ?э аан дойду аартыктара балысханнык арыллыбыт ухханнарыгар кииристэ. Урут оло?хо?о эрэ аан дойдуну курдуу эргийэ сылдьыбыт бэйэтэ илэ сири-дойдуну оройунан к?т?тэ сылдьар буолла. Бэл о?ох холумтаныттан арахпатах саха дьахталлара тимир к?л?н? миинэннэр аан дойдуну анаарар к??стээх-кыахтаах буоллулар. Маннык а?а?ас эйгэ?э ?ктэнии омук туругар дьайар ?т??тэ да, м?к?тэ да биллэн эрэр. Ыччаты билигин патриоттар уонна глобалистар диэн икки б?л?хх? араарыахха с?п. Патриоттар Саха сиригэр олохсуйар ба?алаахтар, оттон глобалистар ханна кыалларынан быдан барыстаах, сымна?ас айыл?алаах государстволарга сыстан олохсуйарга ба?араллар. Урукку к?л??нэ ыччаттар иннилэригэр маннык талыы тирээн турбат этэ. Му? кэ?ээтэ?инэ, Советскай Союз сабардамынан тар?аналлара. Оттон аныгы ыччат т???н?н сайдыылаах да, соччонон дойдуларыгар батан олорбот, аан дойду киэ? киэлитинэн тар?анар кыахтаналлар. Онон т?р??б?т дойдуга тапталы, бэйэ норуотугар ту?алаах буолар санааны иитэн та?аарар анал сыал-сорук турда. Онуоха биир ту?алаах матырыйаалынан бу уларыйыы м?чч?ргэннээх кэмнэригэр туруула?ан м?хс?б?т саха ыччаттарын талыыларын ту?унан кэпсиир кинигэ буолара саарба?а суох.
Т?рд?с ирдэбил тас эйгэ уларыйыытыгар ки?и ис кыа?а дь??рэлэ?иитигэр туруоруллар. Ол эбэтэр аныгы кэм тэтимэ олус к??скэ уларыйда, киирбит-тахсыбыт, турбут-олорбут, иилэ хабан ылан туттан-хаптан и?эр ки?и сити?иилээх буолар ?йэтэ ??скээтэ. Былыргы курдук сыта-тура толкуйдаан, араастаан эридьиэстээн, атах тэпсэн олорон бы?аарсар кэм ааста. Онуоха дь??рэлээх ээл-дээл, му?кук, сыылба сырыылаах, бытаан айаннаах майгы эмиэ хааларыгар тиийэр. Т?ргэн-тар?ан туттуулаах, элбэх дьарыгы тэ??э тутар, ?г?с ки?ини кытта алты?ар, ула?а санаатын булкуттарбат ис чи?нээх ки?и табыллар бириэмэтэ буолла. Онуоха дь??рэлээн аныгы саха о?ото хамсаныыта, ?йд??р-толкуйдуур тэтимэ быдан т?ргэтээбитин психологтар бэлиэтииллэр.
Маны сэргэ аныгы тэтимнээх, к?рэс былдьа?ыылаах олох ки?и эт-хаан ?тт?нэн чиргэл буоларыгар кытаанах ирдэбиллэри туруорар. Ара? ки?и со?уллан хаалар. Онон сайдыылаах диэн ааттанар государстволарга о?ону кыра эрдэ?иттэн чиргэл буоларыгар, эдэр ыччат спордунан к??скэ дьарыктанарыгар ураты бол?омтону уураллар, ку?а?ан дьаллыктартан харыстыыллар. Оттон к??н к?рс??хтэрэ, былдьа?ыахтара-атахта?ыахтара диэбит омуктарын ыччаттарын ку?а?ан дьаллыкка сутуйа сатыыллар, быртах дьарыктарга сы?ыараллар. Ол курдук, би?иэхэ, Россия?а да, Саха сиригэр да, к?л??нэни к?л??нэнэн ара?, содур, бэйэни кыайан салайынар кыа?а суох турукка киллэрэргэ бу с??рбэ сылга к??скэ туруммуттара. Онуоха киин былааспыт таах олорон биэрбитин т?м?гэр ол ыччаппыт кэскилигэр ыар содулланна. Билигин т?р?пп?ттэр, дьон са?а ?йд?н?н, пиибэ, арыгы, наркотик, проституция, криминал, араас быдьар бы?ыы тас к?ст??т?н харах халтарыйар угаайытыттан дьэ босхолонуох, утарсыах курдук буолан эрэллэр. Ыччаты ыччат угуйар. Онон дьо?ун сиэрдээх-майгылаах, туруула?ар кыахтаах ыччат дьону ?р? тутан, би?ирэмнээх холобур буолалларын сити?эр сорук турда.
Бэ?ис ирдэбил оло?у анаарар к?р?? уларыйыытыгар сытар. Ол эбэтэр ки?и оло?о диэн ки?киниир киэ? куйаар эйгэтиттэн ситим тарпыт кут сайдыыта буолар диэн т?р?т ?йб?т?н-билиибитин са?алыы сайыннарыы. Материалистыы мас курдук судургутук оло?у анаарыы т?м?гэр ки?и оло?ун ураты кистэлэ? анала суураллар, суолтата намтыыр, бэйэни салайынар кыа?а кыа?ыланар. Оттон т?р?т сахалыы ?йд?б?ллэринэн ырыттахха, ки?и ис кыа?а – бараммат к?нд? бар?а. Ону тута сылдьар буолан саха ыччата барытыгар дьо?урдаах, атын омуктар ыччаттарыгар к??н?н т??эн биэрбэт. Оннук к????гэр к????, кыа?ар кыа?ы, эрчимигэр эрчими эбинэр буолан, саха ыччата оччугуйтан да улаханы ??скэтэр, та?аарар кэскиллээх. Онон «кыра-хара омукпут» диэн бэйэни сэнэнииттэн тардыныахха, ыччаппыт кэскилин та?нарымыахха. Суорун Омоллоон саханы «куттас омук» диэн эппит да буолла?ына, кини, араа?а, т?р?т кыа?ын батталга киэптэтэн, хас репрессия аайы к???рээн, алаа?ыгар б?гэн ордубут дьонун а?ынан эппитэ буолуо. Куттас, кутуйах хороонун кэ?этэр омук маннык ?с м?л?й??н квадратнай километр тухары тайаан сытар сири иччилээн, олох-дьа?ах тэринэн иитиллэн олоруо суох этэ. Би?иги курдук ахсааннаах уонна онуоха дь??рэтэ суох киэ? сирдээх омук б?т?н аан дойду ?рд?нэн суох. Айыл?ата тыйы?ын этэ да барыллыбат. Онон си?нэриилээх, сэнээ?иннээх сы?ыа??а киирэн биэрэр ончу сатаммат. Хата, т?тт?р?т?н, дьэ эбии сэтэрэн, дьэ эбии кэ?ээн кимиилээхтик киирсэн и?иллиэхтээх. Ол курдук саха интеллигенцията быы?ык кэмнэргэ туруорсуулаах буолара. Бу кинигэ эмиэ ол кэрэ?итинэн буолар.
Алтыс ирдэбил Одун хаан о?о?уутун, Чы?ыс хаан ыйаа?ын туту?уу к?рэ?эр к?ст?р. Ол эбэтэр омук бы?ыытынан бэйэ бодотун, аналын туту?ар кыахпытын тургутуу. Этиллибитин курдук, а?а?ас эйгэ?э тар?анан хаалыахха с?п, олорор сирбитигэр элбэх дьон аа?наан кэлиэхтэрин с?п, иинэ?эс, му?кук ыччаттанан кэрэгэй кэскиллэниэххэ с?п. Бу барыта Одун хаан о?о?уутун, Чы?ыс хаан ыйаа?ын ситэри ?йд??б?кк? та?нарбыт содулугар арыллар ?л?? ма?алайдара. Ки?и аймах к?н сирин дьоллоох иччитэ буолан айыллыбыт аналлаах. Ол тэ?э саха омукка ананыллыбыт кыталыктаах кырдаллардаах хотугу дойду туругун ту?угар сахалар ?рд?к эппиэтинэ?и с?гэллэр. Ол да и?ин айыл?а харыстабылын дьаны?ан туруула?абыт, саамай ыалдьар, сомо?оло?ор чопчубут онно иитиллэр. Айыл?а ч?л туругуттан сиэттэрэн олохпут уйгута, дьыл?абыт о?о?уута т??рэх тэбэр. Онон суверенитет диэн угуйуулаах к???л туруга айыл?аны харыстаа?ынтан са?аламмыта уонна кииннэммитэ. Иитиллэр ийэ эйгэбитин та?нарбатахпытына, Иэйэхсиппит кэлэйиэ суо?а, Айыы?ыппыт арчылыы сылдьыа. Оччо?о кэхтии, иинии ыар тыына би?игини тумнуо. Айыл?а тыынынан тыыннанан хас биирдиибит ?йэтэ у?уо, омук кэскилэ кэтириэ.