Шрифт:
Саахса ?лэ?итэ дьахтар ааппын муодар?аан:
– Бу туох муода дуу, мо?уок дуу аатый? Бэриэт буола сытыйан?! – диэн баран остуолтан т?б?т?н ?нд?т?н миигин балачча кы?астаспыта.
Мин ону хантан билэн-к?р?н тугу бы?аарыахпыный. Арай м?л?к-халык буоллум бы?ыылаа?а. А?ам абыраабыта:
– С?пк? со?уйа?ын, – а?ам утары к?рб?т?н кубулаппакка бы?ааран барбыта. – Ити ?б?гэлэрбит ааттара. Бэриэт Бэрдэ диэн ки?и баара ???. Тугу барытын бэриэттээн о?оро сатаабыт, бэриэттээн билэ охсубут, сытыы-хотуу уола хаан. Ол ки?и курдук ки?и киэнэ кэрэмэ?э буоллун, оло?ун бэриэттээн дьа?анар ??р?йэхтэннин диэн санааттан ити ааты и?эрэн турабын.
– Эмиэ да бэрт эбит, – пааспар суруйар хотун сэ?ээрбитэ. – Аата к?м?л?ст???нэ оло?ор абыраныа этэ буолла?а, – кини ити тылларыгар онно улаханнык саарбахтыыр дор?оон баара.
Бэриэт Сиидэрэбис оччотоо?у хотун соччо итэ?эйэ сатаабатах сирэйин-хара?ын ?ч?гэйдик ?йд??н хаалбыта. Онноо?ор бу ыалдьан, умнара-тэмнэрэ улаатан баран, ол харахтары бу баардыы ?йд??р. Ааппыт ол бэриэттээн толкуйдуу охсон, ону бы?аара охсорго тиргилиннэрэн, дьэ, ханна-ханна, онно-манна тириэрпэтэ?э баарай?!
Кини ити санаатын салгыы ырыта барбата?а. Илиитинэн салгыны сапсыйан баран ха?ас ыты?ынан сэ?ийэтин имэрийбэхтээбитэ, харахтарын соттуммахтаабыта. Т?нн?к сабыытын кичэйэн саппыта, оронугар т?нн?б?тэ.
3
Бэриэти уопсайга ылбыттара. А?ыйах хонукка Новосибирскай куорат ?т?? миэстэлэрин кытта билсибитэ. Ол билси?ии кэнниттэн онно-манна аралдьыйбакка ??рэххэ т?б?т?н оройунан т?сп?тэ. Умсугуйан ??рэнии т?м?ктэрдээх буолбута: эксээмэннэри ?ч?гэйдик туттарара, оттон спецпредметтэргэ наар «туйгун» сыананы ылара. Иккис куурустан са?алаан билэ-к?р? сатыыр уолу учууталлара чорботон бэлиэтиир буолбуттара. Ону ту?анан институт научнай лабораториятыгар орох тэппитэ, онтон арахпата. Сотору онно бэйэ ки?итэ буолбута.
Сэбиэскэй Сойууска биир улаханынан биллэр «Сибтекстильмаш» собуокка сылдьан, анаан туруоруллубут бырагырааманан бэйэлэрэ ?лэлиир станоктары кытта билсибиттэрэ. Устудьуон ки?и аныгы техника му?ур сити?иилэринэн сэбилэммит тэрилтэни олус диэн с?б?лээбитэ. Собуокка ?лэлиир исписэлиистэри кытта билсибитэ, ордук научнай лаборатория ?лэтин интэриэ?иргээбитэ. Кини манна иллэ? буоллар эрэ кэлэр, ону-маны ыйытала?ар, ити уустук станоктар исхиэмэлэрин и?эн-то?он билэ сатыыр дьарыктаммыта.
Бэриэт институт бибилэтиэкэтиттэн тахсыбата. Сибээскэ тахсар са?а сити?иилэри, арыйыылары эккирээн, булан билсэр, ырытар адьынаттаммыта. Ол сылдьан сорох исхиэмэлэргэ тугу эмэ к?нн?р?р, судургутутар ?тт?н тобулар буолбута. Онтукатын ту?унан учууталларын кыт-та санаа атаста?ара, ырыты?ара, бэйэтин булуутун к?м?ск??р? да сатыыра.
Иккис кууру?у «туйгунунан» б?тэрбитэ. Научнай куру?уок басты? истээччитэ, аатын курдук бэриэттээн билээччи-к?р??чч?, са?аны тугу эрэ тобула сатааччы, ол тула сытыы м?кк??р? тэрийээччи кини буолбута…
???с куурус са?аланна?ын кы?ын а?ата дэ??э т?бэ?эн суорума суолламмыта.
Ити со?умар ?л?гэртэн Бэриэт ?й?-санаата ы?ыллан хаалбыта, олус со?уйбута, хомойбута. Кини санаатыгар а?ата ?р?? баар буолуохтаа?а, кинини ханнык да алдьархай, о?ол, бы?ылаан булгурутуо диэн ?й?гэр да о?устаран к?рб?т этэ. Ха?ан да улаханнык ытаабытын ?йд??б?т. Арай бу т?бэлтэ?э кини олус айманан куорат кытыытыгар тахсан, мастар быыстарыгар олорон уйа-хайа суох ытаабыта, хомойбут, хоргуппут тыынын та?аарбыта. Бу кэннэ эр санаатын ылынан, дьиппинийэн, ыал улахан ки?итэ буоларын, онон улахан эппиэтинэ?и с?гэрин билинэн, к?т?р аалга олорон дойдулаабыта.
Ийэтэ Оппуруо?а эмискэ ба?айы алта о?отун, с????лэрин, сылгытын кытта со?ото?ун туран хаалбыта. Улахан ки?и Бэриэт ыраах ба?айы ??рэнэ сылдьара, быраат, а?атын аатын ылбыт Сиидэр Дьокуускайга педучилище физкультурнай салаатыгар ??рэнэрэ. Атыттар бары Бар?а?а бааллара.
Бэриэт дойдутугар кэлэн а?атын у?уо?ун т?р??б?т буо-ругар кистээбитэ, уол о?о буолан ытык иэ?ин толорбута.
– Ийээ, чэ, с?бэтэ тобулуо?у?, – а?аларын то?ус хо-нуктаах ахтыытыгар, дьон тар?аспыттарын кэннэ бэйэлэрэ эрэ хаалан баран, улахан уол тыл быктарбыта. – Дьиэ?э эр ки?и хайаан да наада. Онон мин быйыл ??рэхпин ситэрэн баран кэтэхтэн ??рэххэ к???рг? сананным. Бары т?мсэн, бииргэ буолан олорорбут быдан ордук буолуо.
Остуол тула уу чуумпу сатыылаабыта. Олорооччулар, улаханныын-кыралыын, хардарыта сирэйдэрин к?рс?б?ттэрэ, тугу эрэ кэтэ?эрдии илиилэрин кумуччу туттан остуол анныгар уган, аны, ийэлэрин диэки хайыспыттара.
Оппуруо?а итинник эрэ бы?аарыныыны к??ппэтэх буолан со?уйан мах бэрдэрэн, улахан ки?итин хомоппот санаатын урутатан, туох диэ?ин сыымайдыы олорбута.
– Бэриэт, эйиигин инньэ диирэ буолуо диэн сэрэйбитим, – ийэ барахсан ити, дьи?эр, ханарытан эппит са?ата этэ. Ити ту?унан т?б?т?гэр о?устарыахтаа?ын са?а ?йд??н кэлбитэ. – Этэри? с?п. Улахан ки?и тыла, – Оппуруо?а ити кэннэ чааскытыгар эбии сылаас уу кутуммута, ылан сыпсырыйбыта. Онтон уолун утары к?р?н олорон. – ¤ыччыай, ити соччо с?б? суох бы?аарыныы буолуо. Би?иги манна элбэхпит, улааппыт дьоммут. С?бэ-ама к????нэн тугу барытын, куруутун баар, билэр-к?р?р дьыалабытын кыайар-хотор кыахтаахпыт. Онон эн муох-чуох буолбакка ??рэнэри? наада. ??рэххэр ?ч?гэйгин. Би?иэхэ манна учууталлары? махтанар суруктара кэлбитэ ээ – ??рэххэ ?ч?гэйи?, бэрээдэктээ?и? ту?унан. О?олоргор суол тэлээччи эн буолла?ы? дии. Би?иги дьиэ?э, а?абытын суохтаппат ту?угар, эн ??рэ?и? баар-суох кылаабынай дьыалабыт буолар. Онон эн ??рэн, наар ?ч?гэй сыананан б?тэр, – ийэ барахсан ити тылларын этэн баран остуол тулатыгар олорор о?олоруттан, чугас аймахтарыттан бигэргэтии к?рд??н: – С?пк? этэбин буолбат дуо? – диэн ыйыппыта.
– С?п, с?п… Оннук… – о?олор хоруйдара судургу этэ.
– Бэриэт, ийэ? этэрэ саамай с?п дии саныыбыт би?иги, – Оппуруо?а бииргэ т?р??б?т балта Маайа кэпсэтиигэ кыттыспыта. – Эн ??рэ?и? би?иги аймахха барыбытыгар улахан суолталаах. Ыччаппыт бары эйигин ?т?кт??, баты?ыа этилэр буолла?а дии.
– Нохоо, Бэриэт, бу орто дойдуга букатын кэлбит суох. Дьыл?а хаан бы?аарыытынан ким уруттуур, ким хойутуур, – а?аларын Сиидэр убайа, аймах ытык кырдьа?а?а К?ст?к??н Т?б?ктээхэп то?олохторун остуолга ууран икки ыты?ын холбуу тутан, онно сы?аа?ын ?й??б?тэ, билигин да уоттаах харахтарынан аймах дьон тумус туттар о?отун тобулу к?р?н олорон с?бэтин са?алаабыта. – Сиидэргэ толорута суох дьыл?а анаммыт эбит. Кини дьыл?атын сал?ааччылар бааргыт. Бу кэчигирэ?эн олоро?ут, – ыты?ын нэлэ?нэппитэ. – Онон э?иги этэ??э са?аламмыт ханнык да дьыаланы дьалкытар, т??рэ?нэтэр ту?унан араас санааны булунума?. Туох барыта дьалкыйда, тугу барытын т??рэ?нэтти? да – ол ха?ан да?аны эмискэ тохтоон хаалбат. Ха?ан ба?арар биэтэ?ниирэ, будулуйара, буккуллара у?ун буолар. Ону оннун булларарга эмиэ сыра-сылба наада. Онон эн ??рэммити? курдук ??рэн, улахан ??рэхтээх ки?и буол. Омук бэртэрин кытта тургуту?ар кыахтаах ки?и буол. Аймахтар санаабыт, с?бэбит оннук…